Долгунча (лат. Lactarius torminosus (Fr.) S.F. Gray, нууч. Волнушка розовая) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.
Сэбирдэхтээх эбэтэр булкаас хатыҥнаах ойуурдарга үүнэр.
Сэлээппэтэ: 4-13 см. Бастаан көппөҕөр, улааттаҕына боруонка быһыылаах буолар. Иһирдьэ иэҕиллибит түүлээх иилээх. Розатыҥы кыһыл, чуолкай көстөр тиэрбэстэрдээх.
Таҥалайдаах араҥата: араҕастыҥы роза өҥнөөх, чараас.
Этэ: сырдык саһархай, убаҕаһа аһыы амтаннаах, үрүҥ, дабаххай сыттаах. Салгыҥҥа өҥүн уларыппат.
Атаҕа: Кылгас. Көҥдөй. Сырдык роза өҥнөөх эбэтэр үрүҥ.
От ыйа — балаҕан ыйа. Үрдүк хаачыстыбалаах тэллэй. Ол эрээри аһыы амтаннаах буолан тууһуохтарын иннинэ бастаан уһуннук буһараллар. Сэлээппэтин эрэ хатараллар.
Долгунча (лат. Lactarius torminosus (Fr.) S.F. Gray, нууч. Волнушка розовая) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.
Сэбирдэхтээх эбэтэр булкаас хатыҥнаах ойуурдарга үүнэр.