dcsimg

Бөрө ото ( yakoute )

fourni par wikipedia emerging languages
 src=
Бөрө сиир ото

Бөрө сиир ото (баттах от, таас ото, лат. Dryópteris frágrans) (нууч. Щитовник пахучий) — утарыта олорор сарбынньах курдук, аллараа өттүнэн синньээн түһэр, хараҥа от күөҕэ дьүһүннээх, намыһах сэбирдэхтээх, үчүгэй сыттаах үүнээйи. Алдан өрүс нөҥүө Үөһээ Дьааҥы хайаларын эниэтинэн, Өлөөн өрүс тардыытынан үүнэр. Кырылас таас быыһыттан чөмөх-чөмөх бөлкөйдүү үүммүт буолар. Биир саамай тымныыны тулуйар үүнээйи.Сэбирдэхтэрэ кытаанах, синньигэс , өрө көрөн тураллар. Сэбирдэҕин пластинкалара харана от куох онноохтор. Сайын, уунэр кэмигэр, саҥа сэбирдэхтэр тахсалларыгар, эргэ (үс сыл үүммүт) сэбирдэхтэр өлөллөр, ол гынан баран сиргэ туспэттэр, аргыый аллараа түһэллэр.Кыһын ол түспүт сэбирдэхтэр хаартан хаххалыыллар.

Туттуллуута

Бу от эмчит Н. В. Герасимов Ньыыкан ойуун үгүс ыарыылары эмтииргэ туттубута биллэр. Куртах, оһоҕос үлэтэ мөлтөөһүнугэр, аанньа утуйбат буолууга, төбө ыарыытыгар, сүрэххэ, сүһүөх дьарҕатыгар туттуллар. Маны таһынан Ньыыкан кырдьаҕас төрөөбөт дьахталларга, куттанан ыалдьыбыттарга, оҕо түүн иигин туппат буолуутугар, сүһүрэн ыалдьыыга уо.д.а. туттубута биллэр. Силистэригэр фенольнай соединениялар (антибактериальнай , вирусостатистическай свойствалаах) , сэбирдэхтэригэр эфирнай арыылар бааллар. Ветеринарияга настойкатын антибактериальнай эмтэри кытта диспепсия ыарыыга туттуллар. Хаппыт сэбирдэхтэрин чэйга , духууга туттуохха соп. Куустээх, ор сылдьар сыттаахын иьин.

Туһаныллыбыт сирдэр

  • К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1
licence
cc-by-sa-3.0
droit d’auteur
Wikipedia authors and editors

Бөрө ото: Brief Summary ( yakoute )

fourni par wikipedia emerging languages
 src= Бөрө сиир ото