Вероника седая, длиннолистная (Veronica incana L., V.longifolia L.). Норичниктыҥылар уруулуу уустар бөлөхтөрө.
Бороҥ лоһуор элбэх сыллаах синньигэс сыылар силиргэхтээх кыра от. Үүнээйи барыта хойуу сиэрэй түүлээх. Умнастара 10-30 см үрдүктээх, сэбирдэхтэрэ утарыта олороллор, уһун синньигэстэр, кэрдиистэрэ суоҕун кэриэтэ, 3-10 см уһуннаах сибэккилэрэ бытырыыс курдук үөһэ тахсаллар. Хоруоналара хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөөх. Аһа коробкачаан, кылгас түүлээх. От уонна атырдьах ыйдарыгар сибэккилиир.
Ыраас хонуу, кумахтаах, таастаах күн сырайар эниэлэр, кураанах талахтар тастара, сэндэлэс бэс ойуурдар сырай саҕалара.
Республика бары улуустара.
Оттоох сибэккитэ. Сырьену сибэккилэнэ турдаҕына хомуйуллар. Куурдуллара уопсай быраабыла быһыытынан.
Аанньа үөрэтиллэ илик. Бороҥ лоһуорга каротин, гликозид, ринатин, аскорбиновай кислота уонна алкалоид суола баара биллэр. Саха сирин услуобуйатыгар лоһуор окко аҕыйах флавоноидтар булуллубуттар. Сапониннар уонна алкалоидтар көстүбэтэхтэр.
Научнай медицинаҕа туттуллубат. Литератураҕа сурулларынан, народнай медицинаҕа чэй быһыытынан ис тэһэҕэскэ, сүрэх сорох ыарыытыгар, күөмэй ыарыытыгар уонна тымныйыыга туттуллар. Лоһуор оту сахалар уруккуттан (норуот эмчиттэрэ) киэҥник тутталлар (Ф.П. Чашкин - Таатта отоһута). Көөнньөрүк эбэтэр оргутуллубут уутун араас куртах, оһоҕос ыарыытыгар, хаан баттааһына үрдүүрүгэр, сүрэх ыалдьарыгар, ньиэрбэ күүрүүтүгэр, быар ыарыыларыгар, ону таһынан ириҥэлээх, кыһыылаах ымынахтарга (чесотка) туһаныллар.
Сибиэһэй лоһуор сэбирдэхтэрин атах наһаа ууланарын утары тутталлар. Лоһуор көөнньөһүгүнэн ванна оҥостоллор, грибковай тирии ыарыыларын,кыһыылаах ымынахтары, уокка буспуту уонна өлөрүү бааһы эмтииллэр.
Лоһуор бу көрүҥүттэн ураты народнай медицинаҕа уһун сэбирдэхтээх лоһуор ходуһаларга Саха сиригэр киэҥник тарҕанан үүнэр. Бу үүнээйиттэн C битэмиин, провитамин A (каротин), дубильнай веществолар, флавоноидтар суоллара булуллубуттар. Норуокка баас оһордор эмп, атах уутун куурдарга, оргутуллубут уутун быар ыарыыларыгар, сороҕор тымныйыыга, хабах ыарыытыгар тутталлар.
Басыгысова Анна Петровна, "Саха сирин эмтээх үүнээйилэрэ", Дь., Бичик, 2004 с. ISBN 5-7696-1872-8
Veronica incana, the silver speedwell, is a species of flowering plant in the family Plantaginaceae.[2] It is native to parts of Eastern Europe and Russia, all of Siberia, Mongolia, and northern China, and has been introduced to Czechoslovakia.[1] A number of authorities consider it to be a subspecies of the spiked speedwell Veronica spicata; Veronica spicata subsp. incana.[3] It is a parent of the hybrids Veronica × czemalensis (with V. porphyriana) and Veronica × grisea (with V. longifolia).[4]
{{cite web}}
: CS1 maint: url-status (link) {{cite web}}
: CS1 maint: url-status (link) {{cite web}}
: CS1 maint: url-status (link) Veronica incana, the silver speedwell, is a species of flowering plant in the family Plantaginaceae. It is native to parts of Eastern Europe and Russia, all of Siberia, Mongolia, and northern China, and has been introduced to Czechoslovakia. A number of authorities consider it to be a subspecies of the spiked speedwell Veronica spicata; Veronica spicata subsp. incana. It is a parent of the hybrids Veronica × czemalensis (with V. porphyriana) and Veronica × grisea (with V. longifolia).